Буойун суолунан:
Мин аатым ааттаныа
Буойун суолунан: Мин аатым ааттаныа
Валентина Догоюсова 26.01.25 14:27
(Буойун Егор Татаринов — «Татар» сырдык кэриэһигэр)
Сарсыарда биэс чаас, уум быыһынан иһиттэхпинэ, төлөпүөммэр илдьит кэлэр. «Үтүө
сарсыарданан! Мин оҕобун суруйуоххут дуо? Соҕотох уолбун сүтэрбитим, оҕом аата
Татаринов Егор диэн. Атахпын тоһутан, кэлээскэҕэ олоробун, ол эрэн, оҕом
туһугар Дьокуускайга айанныахпын сөп. Суруйаргытыгар миигиттэн туох нааданый?»
диэн курус тыллар субуруспуттар…
Итиччэлээҕи ааҕан баран, уубун хаммыт курдук буоллум, хайдах, хантан саҕалаан,
эдэркээн саллаат туһунан сааһылаан суруйан, кини аатын үйэтитэр туһунан
санаабар оҥорон көрөөт, ийэтигэр хардары ыйытыктарбын ыыттым…
Татаринов Егор Евгеньевич 1994 сыллаахха ахсынньы 21 күнүгэр Бүлүү улууһун
Сыдыбыл бөһүөлэгэр соҕотох ийэҕэ Ойуун Ууһа Ил Иитэ Бэлиэчэй Кыыһыгар
кэтэһиилээх соҕотох уол оҕонон күн сирин көрбүтэ, бииргэ төрөөбүт эдьиийдээх,
балтылаах.
Көрдөөх-нардаах оҕо сааһын кэрэ кэмнэрэ Горнай улууһун Күөрэлээх нэһилиэгэр
ааспыта. Бастакы кылаастан тохсуска дылы Күөрэлээх орто оскуолатыгар
ситиһиилээхтик үөрэммитэ.
Дойду туһугар аҕыс сыл
Егор байыаннай буолар баҕата оҕо эрдэҕиттэн биллэрэ. Ол баҕатын ситиһэ,
Дьокуускайдааҕы кадетскай оскуолаҕа үөрэммитэ. Улаатан истэҕин аайы
түргэн-тарҕан туттуулаах, эт-хаан өттүнэн бэйэтин кыанара биллэн барбыта. Аҕа
тапталын, үөрэтиитин-такайыытын билбэтэх, оҕо сааһыттан олох кыһалҕатын билэ
улааппыт буолан, чугас дьонугар, ордук ийэтигэр, балтытыгар, эдьиийигэр олус
истиҥ сыһыаннааҕа.
Оскуола кэнниттэн тута Амур уобалаһыгар Белгород куоратыгар сулууспалыыр,
младшай сержант званиетын ылан, миномет хамандыыра буолан, ытык иэһин
чиэстээхтик төлөөн кэлэр. Сулууспалыыр кэмигэр аармыйа олоҕун сүрэҕинэн
сөбүлээн, кэнники идэтийбит байыаннай буоларга бигэтик сананар.
Итиэннэ 2015 сыл сэтинньи ыйга үс сылга хантыраак баттаһан, Сахалиҥҥа
сулууспаҕа ананан, разведчик-снайпер буолар.
Үс сыллаах хантыраага бүппүтүн кэннэ, 2018 сыллаахха аны Хабаровскайга
сулууспалыырга илии баттыыр. Ол сулууспалыы сылдьар кэмигэр, 2022 сыл олунньу
24 күнүгэр быстах байыаннай дьайыы биллэриллэр. Бэриниилээх ыччат Егор
Татаринов уопсайа Дойду туһугар аҕыс сыл сулууспалаан, чахчы патриот буоларын
тус олоҕунан дакаастыыр.
Кыаҕын толору туһанара
Буойун Татар кыра эрдэҕиттэн кытыгырас, күүс-уох өттүнэн бэйэтин лаппа кыанар
буола улааппыта. Ол курдук, араас спортивнай күрэхтэргэ бириистээх миэстэлэргэ
тиксэн, дьиэ кэргэнин үөрүүтүн үксэтэрэ.
Онус кылааска Дьокуускайдааҕы кадетскай оскуолаҕа үөрэнэ киирээтин, успуорка
кыахтаах уолу учууталлара бэлиэтии көрөннөр, үгүс күүһү-уоҕу, күүстээх дьарыгы
ирдиир бокса, боевой самбо• Спорт » Боевые искусства » Боевые искусства России » Самбо
• Спорт » Виды спорта » Единоборство » Самбо көрүҥнэригэр дьаныардаахтык дьарыктаабыттарын
түмүгэр, араас хабааннаах күрэхтэр кыайыылаахтарынан, призердарынан буола
үүнэн, успуорт историятыгар бэйэтин аатын хаалларбыта.
Ол курдук, Егор Сахалинскай уобаласка илиинэн охсуһууга чөмпүйүөн аатын
сүкпүтүн туоһулуур кыһыл көмүс мэтээлинэн хараҕа уоттана киэн туттара.
Мин барбатахпына, ким?
Быстах байыаннай дьайыы аан бастаан саҕаланыаҕыттан, дойдутун албан аатын
көмүскүүр сыаллаах сулууспалыыр чааһыттан – Хабаровскай куораттан тута
айаннаабыта. Горнай улууһуттан биир бастакынан барбыт байыастар кэккэлэригэр,
бэриниилээх Горнай байыастарын истэригэр киирбитэ.
Кини идэтийбит анал рота разведчик-пулеметчигэ, расчет хамандыыра, младшай
сержант, 2022 сыл кулун тутар 16 күнүгэр Киевскай уобалас Старые Петровцы
сэлиэнньэтигэр кырыктаах кыргыһыы толоонугар хорсун буойун сырдык тыына
быстыбытын туһунан ыар сурах кэлбитэ.
Саллаат өлүгэ көстүбэккэ, тоҕус ый устата сураҕа суох сүппүтүнэн ааҕыллан,
уһун-киэҥ көрдөөһүн түмүгэр, кэлин кырамтата көстөн, бэрэбиэркэ, экспертиза
кэннэ 2022 сыл ахсынньы ыйга Күөрэлээҕин Ийэ буорун булан, дууһата үйэ сааска
уоскуйбута…
Ытык чиэһин чиэстээхтик толорбут патриот буойун өлбүтүн кэннэ «Эр санаа»
уордьанынан наҕараадаламмыта.
Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат
Улааппыт, олоҕун биир дьоллоох кэрчигэ элэҥнээн ааспыт Күөрэлээҕин нэһилиэгэр
саллаат Егор Татариновка мемориальнай дуосканы 2023 сылга Улуу Кыайыы
өрөгөйдөөх күнүн көрсө нэһилиэк дьаһалтатын күүһүнэн туруорбуттара.
Итиэннэ үөрэммит Күөрэлээҕин оскуолатыгар «Дьоруой паартата», ону таһынан
истиэндэ, кадетскай оскуолатыгар эдэр буойун олоҕун, хорсун быһыытын кэпсиир,
көрдөрөр түмэл тэриллибитэ.
Кадетскай оскуолаҕа “Феникс” эдэр аармыйа этэрээтигэр кини аата иҥэриллибитэ,
итиэннэ буойуҥҥа аналлаах көрсүһүүлэр, кылаас чаастара, байыаннай
күрэхтэһиилэр тиһигин быспакка күн бүгүнүгэр диэри ыытыллаллар.
Ийэтэ Ойуун Ууһа Ил Иитэ Бэлиэчэй Кыыһа оҕотун албан аата үйэтитэр сыаллаах
араас хабааннаах үлэни ыытар, ол курдук, «Памяти героев верны!» бүтүн
Арассыыйатааҕы куонкуруска бочуоттаах үһүс миэстэни ылан, дойду тэбэр сүрэҕэр
– Москва• Россия » Регионы России » Субъекты Российской Федерации » Города федерального значения России » Москва куоракка наҕараадаламмыта.
Сүтүк аһыыта
Ийэтэ хайдах курдук соҕотох уолун санаатар эрэ, билигин да хараҕын уута
сүүрэр:
— Уолум байыаннай буолар баҕата баһыйан, 2015 сылтан сулууспалаабыта, онтон
2018 сылтан Хабаровскайга салҕаабыта. Алта ыйа туолла да уоппускатыгар кэлэрэ,
ый аайы эмпэр-томпор, олорорбор харчы ыытара.
Онтон 2021 сыл ахсынньы ыйга: «Мин тохсунньу ыйга эйиэхэ Хабаровскайга билиэт
ылыам, эн көтөн кэл, икки чааһынан баар буолаҕын, мин эйигин тоһуйуом, ийээ» —
диэхтээбитэ. Ол онно, тиһэх кэпсэтиибит эбит этэ, ону сэрэйиэм баара дуу…
Уонна ол кэннэ сибээскэ тахсыбатаҕа.
Онтон арай олунньу ыйга, түүн утуйа сыттахпына Сахалиҥҥа бииргэ сулууспалаабыт
уолуттан суһал төлөпүөн кэлбитэ: «Уолуҥ Татар бойобуой сорудаҕы этэҥҥэ толоруу
кэннэ сарсыарда алааһы кэрийэ, бэрэбиэркэлии барбыта, итиэннэ сүттэ. Эн,
ийэтэ, ирдэс!» — диэбитэ.
Истибиппин итэҕэйбэтэҕим, уолум командировкаҕа сылдьар дии саныырым эбээт,
байыаннай дьайыыга барбытын хантан билиэмий! О-о, арай билбитим буоллар…
Барахсаттар ол бойобуой сорудахха түөрт буолан барбыттар, мин уолум табаарыһын
быыһаары ойуурга куот диэбит, уонна «ОДИН ЗА ВСЕХ, ВСЕ ЗА ОДНОГО!» диэн тиһэх
хаһыылаах бэйэтин сиэртибэлээбит…
Оҕом барахсаны санаатым эрэ, хараастан, иэдэйиэх курдук буолабын. Уолум
«эйиэхэ саҥа дьиэ тутуоҕум» диэн ыраланааччы. Билигин, өлбүтүн кэннэ ол баҕата
маннык курустук туоллаҕа… Сыл-хонук эмтиир, сүтүк аһыыта сымныыр, бокуонньук
умнуллар дииллэрэ олох сымыйа.
Мин хайдах оҕобун умнан кээһиэхпиний, ийэ хайдах оҕотун саныа, ахтыа, таптыа
суоҕай? Егорчугум наар аттыбар баар курдук. Тыыннааҕым тухары оҕом туһугар,
сырдык аата симэлийбэтин туһугар өрө мөхсүөм буоллаҕа…
Саха саллаата Егор Татаринов олохтон туораабыта кулун тутар 16 күнүгэр төгүрүк
үс сылын туолуоҕа. Киниэхэ сирдээҕи олох дьолун билэригэр баара-суоҕа 27 эрэ
сыл кэмчилэммит.
Баччалаах талаан, хаарыан ыччат ким эрэ кэтэһэр кэргэнэ, тапталлаах аҕата,
эйэҕэс эһээтэ буолуохтааҕа хааллаҕа…
Үөрүү-көтүү, ырыа-тойук аргыстаах, гитара доҕордоох хоодуот буойун Татар
олоҕун хас биирдии күнэ, үрүҥ күн анныгар хаалларбыт суола-ииһэ, сырдык
мөссүөнэ саха норуотун өйүгэр-санаатыгар, ийэтин сүрэҕэр өрүү тыыннаах…
Эйэҕэс Егорчугум
Егорчук бастакы кылааска сибэкки тутуурдаах, оҕолуу истиҥ мичээрдээх үөрэнэ
кэлбитэ. Маҥнайгы күнүттэн үөрэҕэр олус кыһаллан үөрэммитэ. Буукубалары
үөрэтэн, түргэнник ааҕар, суруйар буолбута. Математика, тулалыыр эйгэ, саха
тыла, физкультура, үлэ, ырыа уруоктарыгар сөбүлээн үөрэнэрэ.
Бары таптаан Егорчук диэн ааттыырбыт. Кини оскуола, кылаас олоҕор көхтөөхтүк
кыттара, хаһан да туора турбутун өйдөөбөппүн. Кылааска спортивнай сектор,
оскуола иһинэн ыытыллар байыаннай күрэхтэргэ наар хамандыыр буолара.
Кини хамаандатынан, дьаһалынан наар бириистээх миэстэлэри ыларбыт. Оскуолаҕа
бииргэ үөрэнэр оҕолорунаан араас тэрээһиннэргэ үөрэ-көтө кыттара. Походтарга
араас оонньуулары оонньоторо, олус көрдөөх оҕо этэ. Араас кэнсиэртэргэ олус
үчүгэйдик ыллыыра, үҥкүүлүүрэ, сыаҥкаҕа итэҕэтиилээхтик оонньоон, көрөөччүлэри
күллэрэрэ.
Егорчукпут чахчы айылҕа оҕо этэ, кыра сааһыттан бэйэтэ туулуура, үлэттэн да
туора турбат этэ, сылын ахсын от үлэтин кыайа-хото тутара. Ийэтигэр олус
чугаһа, дьиэ ис-тас үлэтигэр эр киһи оруолун толору толорор солбуллубат
көмөлөһөөччү этэ.
Бэрдьигэстээххэ да, Дьокуускайдааҕы кадетскай оскуолаҕа да үөрэнэ сылдьан,
манна кэллэр эрэ, наар көрсөн сэлэһэрэ, сонунун, ситиһиилэрин ыһа-тоҕо, астына
үллэстэрэ. Аармыйаҕа туйгуннук сулууспатын ааспыта, ол кэннэ ыннарааттан
үргүльү хантыраак баттаһан, Ийэ дойдутун көмүскүүр аналлаах буолан,
сулууспалыы хаалбыта.
Сахалин, Хабаровскай куораттарыгар сулууспалыы сылдьан, уоппускатыгар
дойдутугар кэллэҕинэ, миигин наар көрсөн, учууталым барахсан диэн ис
сүрэҕиттэн истиҥник кууһан, сылаастык, ийэлии сыллаан ылара.
Бу олорон билигин да олох итэҕэйбэппин, харааста хомойобун, бастыҥ ыччаппыт,
эдэр сааһыгар күрэннэ. Кини сырдык мичээрин, эйэҕэс бэйэтин, хорсун быһыытын
өрүү саныахпыт, тыыннаахпыт тухары Егорчукпутун умнуохпут суоҕа.
Бастакы учуутала, үлэ бэтэрээнэ, СӨ норуодунай үөрэхтээһинин туйгуна,
Учууталлар учууталлара Раиса Сидоровна Потапова
Он всегда говорил, что хочет стать профессиональным военным
Душой и телом пропитавшись военно-армейской романтикой, Татаринов Егорчук
поступил в 10-м класс Якутского кадетского корпуса (ЯКШИ) в 2011 году из
Горного улуса. Он запомнился мне как дружелюбный, общительный и отзывчивый
мальчик.
С первых дней учебы Егорчук проявлял старательность и стремление стать лучше.
Мы с офицером-воспитателем класса, подполковником Шумиловым Ю.В., записали его
в спортивные секции• Спорт » Спортивные секции бокса и силовой тренировки.
В течение обучения в школе Егорчук погрузился в военно-армейскую романтику. В
«кадетке» он нашел свое призвание: патриотические ценности, чувство
справедливости и борьба• Спорт » Боевые искусства » Боевые искусства России » Самбо
• Спорт » Виды спорта » Единоборство » Самбо со злом стали для него важными аспектами жизни.
Егорчук быстро обзавелся новыми друзьями, всегда готовыми прийти на помощь.
Мне, как классному руководителю• Образование » Среднее образование » Классный Руководитель, он помогал организовывать спортивные
мероприятия• Спорт » Спортивные соревнования. В классе его выбрали спортивным сектором, так как у него было
много достижений в боксе, армейском рукопашном бою• Спорт » Боевые искусства » Рукопашный бой и самбо• Спорт » Боевые искусства » Боевые искусства России » Самбо
• Спорт » Виды спорта » Единоборство » Самбо.
При личной беседе он всегда говорил, что хочет стать профессиональным военным.
После успешного окончания ЯКШИ он по зову сердца и мечты ушел служить в армию
и по завершении подписал контракт.
С момента объявления специальной военной операции• Военные конфликты » Военные действия » Специальная военная операция (СВО) он находился на передовой на
Украине• Украина, защищая Родину от нацистских бандформирований, пал смертью храбрых.
Татаринов Егорчук навсегда останется в памяти у меня и одноклассников как
настоящий Герой и будет для всех нам примером мужества, отваги и верности
своему долгу. Вечная память…
Классный руководитель• Образование » Среднее образование » Классный Руководитель Алексей Иванович Иванов, ныне директор МОБУ СОШ №19
Хаартыскалар буойун ийэтин тус архыыбыттан